МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Коллекционердар быыстапкалара

Алтынньы 30 күнүгэр Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр Бороҕоннооҕу“Умсулҕан” уонна Кэптэнитээҕи “Эйгэ” коллекционердар түмсүүлэрин киһини сөхтөрөр бааймунньуулаах быыстапкалара ыытылынна. Ыалдьыттар саҥа тэриллэн эрэр Лөгөй музейын кыттабилистилэр. Лөгөй нэһилиэгин историятын туһунан Екатерина Дмитриевна Шарина кэпсээтэ.Быыстапка аһыллыытыгар “Умсулҕан” түмсүү өр кэмнээх үлэтин туһунан АннаМихайловна Федорова билиһиннэрдэ. “Эйгэ” коллекционердар түмсүүлэрин саҥа салайааччытынЕкатерина Петровна Петухованы кытта билсиһии уонна остуол… (читать далее)

Аан дойдутааҕы сааһырбыттар декадаларыгар анаммыт «ОЛОХПУТ КӨМҮС КҮҺҮНЭ» тэрээһин

💐 «Олохпут көмүс күһүнэ» Аан Дойдутааҕы сааһырбыттар күннэригэр нэһилиэк ытык-мааны аҕам саастаахтарыгар анаан Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ бэртээхэй киэһэни бэлэхтээтилэр.Баһылык солбуйааччыта Владимир Петров үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Почетный Старейшина Республики Саха Якутия» түөскэ анньыллар бэлиэни Земфира Никифороваҕа, Николай Алексеевка, Петр Пуховка, Галина Олесоваҕа, Иван Копыриҥҥа туттарда маны таһынан Николай Алексеевка «Лөгөй махтала» бэлиэни туттарда. 💐… (читать далее)

Открытие кинозала «Legoy Cinema»

В МБУ “Кептенинский ЦД им. П.П. Оготоева” состоялась торжественная церемония открытия кинозала «Legoy Cinema»4 октября, в МБУ “Кептенинский ЦД им. П.П. Оготоева” состоялась торжественнаяцеремония одновременного запуска 40 кинозалов по технологии “Экстра Синема”. Глава ЯкутииАйсен Николаев поздравил жителей республики с открытием кинозалов. С речью выступилгенеральный директор киноплатформы “Экстра Синема” Петр Чиряев и торжественно нажалкнопку.В рамках открытия… (читать далее)

«КӨМҮС КҮҺҮН БЭЛЭҔЭ» күһүҥҥү дьаарбаҥка

🍂🍁🍂 Көмүс дуй көбүөрүнэн бүрүнэн, күлүм-чаҕыл кыраасканан симэнэн, сир аһынан дэлэй, оҕуруот аһынан баай дьыл саамай кэрэ кэмэ көмүс күһүммүт кэлбитинэн Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр 🍁«КӨМҮС КҮҺҮН БЭЛЭҔЭ»🍁 диэн күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа, көрү-нары көҕүлүттэн тутан күүлэй бэрт сэргэхтик ааста.

Бэс ыйын 14 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгин килбэйэр киинигэр, Кэптэни маанылаах түһүлгэтигэр ача күөҕүнэн чэлгийбит, дьэрэкээн сибэккинэн симэммит самаан сайыны айхаллыы көрсөр Бартыһаан Заболоцкай аатынан мөлүйүөннээх сопхуос тэриллибитэ 50 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт Үрүҥ тунах Ыһыах култуурнай күрэхтэринТҮМҮКТЭРЭ:

“ЫРЫА АРГЫСТААХ ҮЛЭ ДЬОНО” 18-тэн үөһээ саастаах дьоҥҥо ырыа күрэҕэ. Уопсайа 14 кыттааччы кыттыыны ыллылар. Күөн-күрэһи сыаналаатылар маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ: Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Кэптэнитээҕи “Чэчир” оҕо уһуйаанын музыкальнай салайааччыта – Альбина Николаевна Бурнашева, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Петр Никотонович аатынан Хомустаахтааҕы сынньалаҥ киин заведующая – Анна Семеновна Бечеканова, Саха эстрадатын ырыаһыта,… (читать далее)

Ыам ыйын 22 күнүгэр Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа уонна оһуохай күннэрин чэрчитинэн, самаан сайыны уруйдуу көрсөр дьоро күн ыытылынна. Тэрээһин  салама ыйааһынын сиэринэн-туомунан, алгыстаах алаадьынан айах тутуунан арылынна.

Аҕам саастаах ытык-мааны дьоммутун “Добун” эр дьон түмсүүтүн көҕүлээһининэн, үгэс быһыытынан “Байанай бэлэҕэ” кус миининэн күндүлээһин “Өбүгэ аһа”  түмсүү минньигэс астаах  сандалы остуолун тула тардылынна. “Ырыа күнүн уруйдуубут!” ырыа күрэҕэ, тэрилтэлэр икки ардыларыгар “Минньигэс шашлык”, “Көрдөөх эстафета” күрэхтэрэ ыытыллан дьон болҕомтотун тарта. Норуот үйэлэргэ муспут үтүө үгэһин үйэтитэр сыаллаах  “Самаан сайын сатыылаабытынан” добун оһуохай түһүлгэтэ… (читать далее)

Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинэ Эйэ,Үлэ, Маай бырааһынньыгар тэрилтэбит таһыгар уонна культура эйгэтигэр үлэлии сылдьыбыт биир дойдулаахпытыгар СВО кыттыылааҕар Лугинов Андрей Афансьевич дьонугар субуотунньук тэрийдибит.