МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Аан дойдутааҕы сааһырбыттар декадаларыгар анаммыт «ОЛОХПУТ КӨМҮС КҮҺҮНЭ» тэрээһин

💐 «Олохпут көмүс күһүнэ»

Аан Дойдутааҕы сааһырбыттар күннэригэр нэһилиэк ытык-мааны аҕам саастаахтарыгар анаан Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ бэртээхэй киэһэни бэлэхтээтилэр.
Баһылык солбуйааччыта Владимир Петров үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Почетный Старейшина Республики Саха Якутия» түөскэ анньыллар бэлиэни Земфира Никифороваҕа, Николай Алексеевка, Петр Пуховка, Галина Олесоваҕа, Иван Копыриҥҥа туттарда маны таһынан Николай Алексеевка «Лөгөй махтала» бэлиэни туттарда.

💐 «Чэчир» уһуйаан иитиллээччилэрэ (сал. Альбина Бурнашева) Сокорутов Филипп, Хабаров Сулустаан бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Лөгөй лицей-интернат үөрэнээччитэ Прядезников Дамир бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ уонна Анастасия Колесова салалтатынан, оскуола оҕолоро ис дууһаларыттан оҥорбут букеттарын кэлбит убаастабыллаах дьонноругар үлэһиттэр туттардылар.

«ЭБЭЭМ МИННЬИГЭС АҺА» оҕуруот аһыттан астаныллыбыт кырасыабай көстүүлээх, минньигэс бүлүүдэлэрин мустубут дьоҥҥо кэпсээн бэйэлэрин кистэлэҥнэрин үллэһиннилэр.
1 м. Анастасия Никифорова
2 м. Акулина Колесова
3 м. Зоя Бурнашева

«КҮҺҮҤҤҮ АЙЫЛҔАБЫТ» айылҕа материалыттан панно оҥоһуутугар күрэх:
1 м. Мария Татаринова
2 м. Аксинья Портнягина
3 м Мария Андросова

«БЭЛЭМ БУОЛ» — бэйэ тигиитигэр бэриэнньик күрэҕэр:
1 м. Мария Андросова
2 м Александра Гоголева
3 м. Анна Фомина-Ксенофонтова

Добавить комментарий