Алтынньы 30 күнүгэр Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр Бороҕоннооҕу
“Умсулҕан” уонна Кэптэнитээҕи “Эйгэ” коллекционердар түмсүүлэрин киһини сөхтөрөр баай
мунньуулаах быыстапкалара ыытылынна. Ыалдьыттар саҥа тэриллэн эрэр Лөгөй музейын кытта
билистилэр. Лөгөй нэһилиэгин историятын туһунан Екатерина Дмитриевна Шарина кэпсээтэ.
Быыстапка аһыллыытыгар “Умсулҕан” түмсүү өр кэмнээх үлэтин туһунан Анна
Михайловна Федорова билиһиннэрдэ. “Эйгэ” коллекционердар түмсүүлэрин саҥа салайааччытын
Екатерина Петровна Петухованы кытта билсиһии уонна остуол тула санаа атастаһыыта
ыытылынна.
Кэллиэксийэ нөҥүө история кэрдиис кэмин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр дириц ис хоһоонноох быыстапка сыалын ситэн, көрбүт дьон элбэҕи билэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.