Аҕам саастаах ытык-мааны дьоммутун “Добун” эр дьон түмсүүтүн көҕүлээһининэн, үгэс быһыытынан “Байанай бэлэҕэ” кус миининэн күндүлээһин “Өбүгэ аһа” түмсүү минньигэс астаах сандалы остуолун тула тардылынна.
“Ырыа күнүн уруйдуубут!” ырыа күрэҕэ, тэрилтэлэр икки ардыларыгар “Минньигэс шашлык”, “Көрдөөх эстафета” күрэхтэрэ ыытыллан дьон болҕомтотун тарта.
Норуот үйэлэргэ муспут үтүө үгэһин үйэтитэр сыаллаах “Самаан сайын сатыылаабытынан” добун оһуохай түһүлгэтэ Варя Федорова, Андрей Никитин таһаарыыларынан саҕаланна.
Ааспыт кэммит, уйгу-быйаҥ илгэлээх итэҕэлэ, үгэһэ билиҥҥи ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ үөрэтэ турара кэнэҕэски көлүөнэ ыччакка туһаны эрэ аҕаллын!