МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Бэс ыйын 14 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгин килбэйэр киинигэр, Кэптэни маанылаах түһүлгэтигэр ача күөҕүнэн чэлгийбит, дьэрэкээн сибэккинэн симэммит самаан сайыны айхаллыы көрсөр Бартыһаан Заболоцкай аатынан мөлүйүөннээх сопхуос тэриллибитэ 50 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт Үрүҥ тунах Ыһыах култуурнай күрэхтэринТҮМҮКТЭРЭ:

“ЫРЫА АРГЫСТААХ ҮЛЭ ДЬОНО” 18-тэн үөһээ саастаах дьоҥҥо ырыа күрэҕэ. Уопсайа 14 кыттааччы кыттыыны ыллылар. Күөн-күрэһи сыаналаатылар маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ: Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Кэптэнитээҕи “Чэчир” оҕо уһуйаанын музыкальнай салайааччыта – Альбина Николаевна Бурнашева, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Петр Никотонович аатынан Хомустаахтааҕы сынньалаҥ киин заведующая – Анна Семеновна Бечеканова, Саха эстрадатын ырыаһыта, Тулунатааҕы сынньалаҥ киин уус-уран салайааччыта – Гаврил Павлович Шепелев. Кыттааччыларга баяҥҥа доҕуһуоллаата Дмитрий Егорович Бурнашев.

1 бөлөххө (18-35 саастаах):
I ҮРДЭЛ – Ваня Колодезников, Кэптэни; Алексеев Николай Николаевич аатыттан 5000 уу харчынан бириис;
II ҮРДЭЛ – Анастасия Шепелева, Тулуна, үлэ тыыл ветерана, “Үлэ Кыһыл знамята” орден кавалера, Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Копырин Алексей Михайлович оҕолорун, сиэннэрин аатыттан 3000 харчынан бириис;

2 бөлөххө (35-50 үөһээ саастаах):
I ҮРДЭЛ – Аина Аманатова, Баатаҕай, “Үлэ Кыһыл знамята” орден кавалера, Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Копырин Алексей Михайлович оҕолорун, сиэннэрин аатыттан 5000 харчынан бириис;
II ҮРДЭЛ – Василий Окоемов, Тулуна, “Үлэ Кыһыл знамята” орден кавалера, Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Копырин Алексей Михайлович оҕолорун, сиэннэрин аатыттан 2000 харчынан бириис;

3 бөлөххө (50-тэн үөһээ саастаах)
I ҮРДЭЛ – Марфа Готовцева, Баатаҕай, Российскай Федерация үтүөлээх учуутала, үлэ, сцена ветерана Прядезников Федор Дмитриевич аатыттан 5000 харчынан бириис
II ҮРДЭЛ – Наталья Гоголева, Тулуна, тыыл, үлэ, сцена ветерана Бурнашева Акулина Афанасьевна аатынан 3000 харчынан бирии; олохтоото кыыһа Бурнашева Матрена Прокопьевна;
III ҮРДЭЛ – Михаил Белолюбский, Баатаҕай, 1500 харчынан бириис;
ЧЫПЧААЛ ААТ – Николай Федоров, Уһун-Күөл, Саха театрын солистката, тыыл, сцена ветерана Анна Петровна Заболоцкая аатынан 15 000 уу харчынан бириис, бирииһи олохтоотулар оҕолоро, сиэннэрэ.

“ОҺУОХАЙ ҮҤКҮҮТЭ” 18-тан үөһээ саастаах дьоҥҥо оһуохай күрэҕэ. Күөн-күрэһи сыаналаатылар маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ: Саха Республикатын үөрэҕириитин, ыччат политикатын туйгуна, Саха Республикатын “Бастыҥ эбии үөрэхтээһин педагога”, “Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы” анал бириэмийэ хаһаайката Зинаида Петровна Лугинова, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Петр Никотонович аатынан Хомустаахтааҕы сынньалаҥ киин заведующая – Анна Семеновна Бечеканова уонна Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киин уус-уран звукооператора, улуустааҕы республикатааҕы оһуохай күрэхтэрин кыайыылааҕа, номинана – Андрей Гаврильевич Никитин.

I ҮРДЭЛ – Мотрена Кычкина, Кэптэни, Саха Республикатын Правительствотын председээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников аатыттан 30 000 сертификат;
II ҮРДЭЛ – Марта Ушницкая, Баатаҕай, Бурнашев Семен Семенович оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин аатыттан НЬИИРЭЙ бириис;
III ҮРДЭЛ – Матрена Сысолятина, Кэптэни, Борисова Матрена Петровна кыыһын дьиэ кэргэнин — Наталья, Василий Кычкиннар аатыттан 5000 харчынан бириис;
Уонна бары кыттааччыларга Саха Республикатын Правительстватын өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ, махтал суруктара туттарылыннылар.

“Талыы-талба сахам таҥаһа” дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас күрэҕэ. Уопсайа 7 дьиэ кэргэн кыттыыны ыллылар. Күөн-күрэһи сыаналаатылар маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ: Уус Алдан улууһун култуураҕа управлениятын главнай специалиһа Анна Егоровна Федорова, Лөгөй лицей-интернат нуучча тылын учуутала — Надежда Егоровна Бурнашева, Социалистическай Үлэ Геройа Анастасия Семеновна Копырина аатынан Арчы дьиэтин уус-уран салайааччыта – Варвара Егоровна Заболоцкая.
Кыайыылахтар:

“БАСТЫҤ ӨБҮГЭ ҮГЭҺИН ТУТААЧЧЫ” – Анна, Алексей Бурнашовтар, Баатаҕай, Үлэ, Тыыл ветерана, иистэнньэҥ Александра Ивановна уонна Сэрии, Үлэ ветерана Николай Петрович I Прядезниковтар ааттарынан оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 15 000 уу харчынан бириис.
“БАСТЫҤ АНЫГЫЛЫЫ КӨСТҮҮ” – Ньургуйаана, Руслан Куприяновтар, Тулуна, Уус Алдан культурата сайдыытыгар уонна Лөгөй нэһилиэгэр уус-уран айымньы сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайката Анна Прокопьевна Стручкова аатынан оҕолоро туоруорбут БЕСПРОВОДНОЙ ПЫЛЕСОС;
“FAMILY LOOK” – Туяра, Афанасий Осиповтар, Кэптэни, Саха Республикатын норуодунай уонна норуот оҥорон таһаарар уус-уран айымньытын маастара Христина Михайловна Бурнашева аатынан
10 000 харчынан бириис;

АНАЛ ААТТАР

“Мааны Далбар Хотун” – Анна Степановна Павлова, Кэптэни, Партизан Заболоцкай аатынан совхоз бастыҥ механизатора, тракториһа, оройуон, республика чулуу комбайнера Социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Үлэ ветерана Лыткин Николай Гаврильевич уонна Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Ытык сүбэ бэлиэ хаһаайката, колхоз, совхоз ыанньыксыта, Үлэ уонна сыана ветерана Павлова Евдокия Афанасьевна ааттарынан оҕолоро туруорбут 10 000 уу харчынан бириис;
“Бастыҥ оҕо таҥаһа” – Айнара Иванова, Баатаҕай, өр сылларга Партизан Заболоцкай аатынан совхозка борооску көрүүтүгэр таһаарыылаахтык үлэлээбит Бурнашев Егор Егорович – Барҕа аатынан оҕолоро туруорбут
3 000 харчынан бириис;
“Бастыҥ эр киһи таҥаһа” – Дмитрий Григорьев, Амма, Тарбаҕар талааннаах Лөгөй нэһилиэгин эдэр ийэтэ, иистэнньэҥ Ольга Петровна Федорова аатыттан 3000 харчынан бириис;
“Сиэдэрэй симэх” – Варвара Жиркова, Бороҕон, Уус Алдан норуотун маастара Светлана Семеновна Олесова аатыттан ручная терка бириис;
“Саха төрүт таҥаһа” – Саина, Илья Борисовтар, Кэптэни, Лөгөй нэһилиэгин Герой Ийэтэ Бурнашева Елизавета Николаевна аатынан уола Бурнашев Н.Е. оҥорбут, оҕолоро туруорбут ПОХОДНАЙ ЗОНА бириистэрэ.
“Байбаралаах бастыҥа” – Стручковтар дьиэ кэргэн, Кэптэни, үлэ, тыыл ветераана, Лөгөй, Өлтөх нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо Пестрякова Ульяна Петровна аатынан хос сиэннэрэ туруорбут 5000 харчынан бириис;

Бартыһаан Заболоцкай аатынан сопхуос отделенияларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Күргүөмнээх үлэ күүрдэ” күөн-күрэс. Кыттыыны ыллылар 6 хамаанда: Тулуна, Баатаҕай, Кэптэни 1, Кэптэни 2, Хомустаах, Даалы.
1 МИЭСТЭ – Тулуна отделенията, кубок, хамаанда дьонугар мэтээллэр, 15 000 уу харчынан бириис;
2 МИЭСТЭ – Баатаҕай отделенията, мэтээллэр, 12 000 уу харчынан бириис;
3 МИЭСТЭ – Кэптэни “Туойа” хамаандата, мэтээллэр, 9 000 уу харчынан бириис.
Ону тэҥэ биирдиилээн түһүмэхтэр кыайыылаахтарыгар харчынан бириистэр. Бу күрэх спонсора — СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СР агропромышленнай комплексын Бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун, Лөгөй, 1 Өспөх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СР Ытык кырдьаҕаһа бэлиэ хаһаайына, үлэ, тыыл, сцена бэтэрээнэ Иван Петрович Колодезников оҕолоро, сиэннэрэ.
Ону таһынан Даалы хамаандатыгар “Кыайыыга дьулуурун иһин” анал аат Егор, Дмитрий, Варвара, Афанасий Олесовтар оҕолоруттан, сиэннэриттэн – Сыаныкы сыдьааннарыттан 9 000 харчынан бириис.

Күөн-күрэстэр кыайыылаахтарыгар өссө да инникитин ситиһиилэри баҕаран туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бары конкурсаннарга кыттыыларын иһин, күрэхтэрбит спонсордарыгар, убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэҕэ, тэрийсибит үтүө-мааны дьоммутугар күрэхтэр үрдүк таһымҥа ыытыллалларыгар кылааккытын киллэрсибиккитигэр ис сүрэхтэн тахсар истиҥ махталбытын биллэрэбит!
👏👏👏👏

☘️🌸☘️☘️🌸☘️🌸☘️☘️🌸☘️

Добавить комментарий