Муус устар 27 күнүгэр Кэптэнитээҕи Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр Саха Республикатын күнүн бэлиэтиир дьоро күн буолла. Кыттыыны ылла Ил Түмэн депутата Геннадий Анатольевич Васильев. Нэһилиэк олохтоохторугар эҕэрдэ тыл эттэ.
Россияҕа Педагог уонна Наставник, Республикаҕа Үлэ, Уус-Алдан улууһугар Инфраструктура сайдыытын сылларынан “Түмсүүнэн сайдыыга, үлэнэн үрдэлгэ” нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт улуустааҕы уус-уран самодеятельноһы көрүү фестиваль кыайыылаахтара дьоммутугар-сэргэбитигэр бэлэх уунан “Лөгөй сирэ-түмэр күүс!” диэн ааттаах улахан кэнсиэр көрдөрдүлэр. Бу бэлиэ бырааһынныгынан Лөгөй нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Николай Николаевич Попов эҕэрдэлээн туран Махтал суруктары фестиваль кыттыылаахтарыгар туттарда. Бу курдук… (читать далее)