Бу улуукан олох иһин
Кыргыһан охтубуттарга,
Үйэ-саас албан аат,
Үйэ саас умуллубат уот!
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Лөгөй нэһилиэгэр Кыайыы күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар “Өйдөбүл уота” миитин, ыам ыйын 9 күнүгэр торжественнай чаас, Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр Варя Федорова туруоруутугар, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрин толорууларыгар Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” сэһэниттэн “Өрөгөй ыьыаҕа” музыкальнай-литературнай дьүһүйүү көрдөрүллэн көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтө. Ону тэҥэ “Өбүгэ аһа” түмсүү көҕүлээһининэн атыы-тутуу дьаарбаҥката “Хонуу куукуната” ыытылынна.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт хас биирдии саха саллаатын сырдык мөссүөнэ, албан аата эйэлээх олоххо, айар-тутар Саха сирин эдэр дьонун өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар хаһан да умнуллуо суоҕа!