МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Күн Дьөһөгөй Айыы сылыгар аналлаах Уус-Алдан уран уустарын түһүлгэтэ күрэх улууспутугар олунньу 28 күнүгэр Олонхо дьиэтигэр ыытылынна. Биһиги нэһилиэктэн уопсайа 5 киһи кыттыыны ылла. Выставка аһыллыытын бэлиэ чааһыгар өр кэмнэргэ Лөгөй орто оскуолатыгар технология учууталынан үлэлээбит Светлана Семеновна Олесоваҕа Уус-Алдан улууһун норуотун маастара үрдүк ааты иҥэрдилэр.

 Күрэх түмүгүнэн “Өбүгэ таҥаһа” көрүҥҥэ 2 миэстэни ылла Светлана Семеновна Олесова, “Кырадаһын кустуга” көрүҥҥэ 2 миэстэни ылла Раиса Васильевна Шахурдина. Анал ааттарынан бэлиэтэннилэр: “Кырадаһын умсулҕана”-Анна Прокопьевна Стручкова, “Саҥа саҕалааччы”- Маргарита Афанасьевна  Ущницкая. Уран уустарбыт түһүлгэлэрэ өрүү сылааһынан угуттанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ түмэ,сайда турдун!

Добавить комментарий