Приказ №1-АХВ Опубликовано в Uncategorized 1 февраля 2022 Комментариев нет » ← 100-лет ЯАССР Тохсунньу 14-15 күннэригэр Лөгөй нэһилиэгин Сыл бастыҥнарын бэлиэтээһин уонна “Аал уот” бэтэрээннэр түмсүүлэрин дьоро күннэрэ ыытылыннылар. Кыттыыны ыллылар: Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын артыыһа, “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ, “Созвездие” бүтүн Россиятааҕы күрэхтэр Лауреаттара Леонид Готовцев, “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ икки төгүллээх Лауреата, “Этигэн Хомус” анал аат хаһаайына, дэгэрэн ырыа күрэ5ин хас да төгүллээх кыайыылааҕа Василий Местников Биһиги коллективтан “Культура эйгэтин бастыҥ үлэһитэ” анал аат хаһаайынынан буолла, кулууп техническэй үлэһитэ Дмитрий Егорович Шелковников. “Улуус бастыҥ суруналыыһа” анал аат туттарылынна бэтэрээн үлэһиппитигэр Ульяна Ивановна Бурнашеваҕа, “Лөгөй нэһилиэгин социальнай-экономическэй сайдыытын иһин” бэлиэнэн наҕараадаланна методист Вера Егоровна Сыроватская. “Аал уот” бэтэрээннэр Саҥа дьыллааҕы көрсүһүүлэригэр кыттыыны ыллылар Тандатааҕы“Ситим” бэтэрээннэр түмсүүлэрин делегацията. → Отменить ответ Добавить комментарий Отменить ответВаш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *КомментарийМожно использовать следующие HTML-теги и атрибуты: <a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong> Имя * Email * Сайт Δ