МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Архив за 26 февраля 2024

🎤 Лөгөй туонатыгар Кэптэнигэ Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр Олунньу 21-22 күннэригэр «ЫЛЛАА-ТУОЙ, УОЛ ОҔО-2024» ырыа куттаах 60 уолан уолаттар түмсэннэр ырыа киэһэтин бэлэхтээтилэр.Улахан бөлөххө лауреаттар: 1-кы ст. – Ваня Колодезников (Лөгөй, сал. Зинаида Лугинова, Андрей Никитин), 2-с ст. – Денис Ощепков (Мэҥэ Хаҥалас, Төҥүлү, сал. Анна Петухова), 3-с ст. – Вадим Дорофеев (Дүпсүн, сал. Людмила, Николай Бурцевтар).

Орто бөлөххө лауреаттар: 1-кы ст. – Арсен Дорофеев (Амма, Соморсун, сал. Марианна Тараховская), 2-с ст. – Самвел Горохов (Мындааба, сал. Диана Павлова), 3-с ст. – Роберт Николаев (Өлөөн, сал. ); дипломаннар: 1-кы ст. – Айсиэн Кутуков (Мүрү-2, сал. Ульяна Стрекаловская), 2-с ст. – Сарыал Алексеев (Чараҥ, сал. Надежда Свинобоева), 3-с ст. – Янис Сысолятин (Лөгөй,… (читать далее)

Олунньу 22 күнүгэр В.В.Никифоров аатынан сынньалаҥ киинигэр хореографтар улуустааҕы түмсүүлэрин тэрийиитинэн «Танцует Мюрю» диэн республиканскай үҥкүү бырааһынньыга буолан ааста.
Араас хамсаныылаах омуктар үҥкүүлэриттэн саҕалаан, ойуун эттэниитигэр тиийэ кэрэ үҥкүүлэри туруоран көрөөччү сэҥээриитин ылыаахтарын ыллылар.
Биһиги нэһилиэкпит «Арчы» бөлөх(сал. Вера Сыроватская) lll степеннээх дипломант үрдүк аатын сүктүлэр.