МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

«Хомуур күрэх»

Бүгүн сэтинньи ый 24 күнүгэр Хомустаахпытыгар «Хомуур күрэх» хамаандалары түмэ тардан бэрт сэргэхтик ыытылынна. Бу күрэх автора Емельянов Владимир Петрович, марафонец,  экстремал-сүүрүк быһыытынан биллэр. 
Бу оонньуу сыала: киһи эт-хаан өттүнэн сайдыы, сымса, түргэн, тулуурдаах буолуутун ситиһэр. 2013 сылтан бу оонньуу республикаҕа тэнийэн ыытыллар, араас күрэхтэр буолаллар
Бүгүҥҥү күрэҕи тэрилтэ үлэһиттэрин, тэрилтэлэр икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны үөскэтэн, дьону-сэргэни бииргэ түмэн сомоҕолоһуу буолууга тиэрдэр сыаллаах нэһилиэнньэ хамаандата тэрийэн ыытта. Быһаарар эбит буоллахха Хомустаахха быйыл иккис сылын бу тэрилтэлэр уонна нэһилиэнньэ хамаандалара диэн сыл устата араас элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттаннар күөн көрсөллөр, «экранное соревнование» туспа ааттаах. Быйылгы сылга саҥа сүүрээн киирэн хас биирдии хамаанда бэйэтэ толкуйдаан биир күрэҕи тэрийэн ыытар диэн сыал сорук сыл саҕаланыытыгар турбута. Сыл түмүгэр барыта түмүллэн кыайыылаахтар быһаарыллаллар, бастыҥ активистар наҕараадаланаллар онно туспа ураты тэрээһин тэриллэр. 
Бүгүҥҥү тыҥааһыннаах киирсиигэ биир хамаандаттан 3 дьахтар, 3 эр киһи кытынна. Бары бириэмэҕэ кубиктары хомуйан, бириэмэлэрэ түмүллэн кыайыылаахтары быһаардылар. Ол курдук оскуола хамаандата бастыыр миэстэтин кимиэхэ да биэрбэтэ, иккис миэстэҕэ бэрт кыра сөкүүндэнэн хаалан Хомусчаан уһуйаан хамаандата буолла уонна үһүс миэстэҕэ кыра тэрилтэлэр холбоһуктара буоллулар. Түгэнинэн туһанан бука бары кыттыбыт дьоммутугар уонна тэрийэн ыыппыт нэһилиэнньэ хамаандатыгар махтал буоллун.