Саха өрөспүүбүлүкэтин “Бастыҥ олонхону уһуйааччы” национальнай бириэмийэ анал аат хаһаайката, Лөгөй, Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна Ыччат политикатын туйгуна Зинаида Петровна Лугинова көҕүлээһининэн Арассыыйаҕа төрүт култуураны сөргүтүү, Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэҕирии эйгэтигэр ааҕыы, Саха автономията төрүттэммитэ 100 сылларыгар, “Ийэ тыл уонна сурук-бичик” күнүгэр аналлаах “Нэһилиэгинэн олонхону дорҕоонноохтук ааҕыы” акция ыҥырыытыгар холбоһон биһиги култуурабыт киинэ олунньу 13 күнүгэр Сергей Васильев – Борогонскай “Үөлэн Хардааччы” олонхоттон быһа тардыыны ааҕан кыттыыны ылла. Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 15 февраля 2022 Комментариев нет » ← Саха автономията төрүттэммитэ 100 сылынан сибээстээн Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр кулун тутар 3 күнүттэн саҕалаан кыл-сиэл кистэлэҥнэригэр. Легей орто оскуолатын технологияҕа учуутала Екатерина Дмитриевна Копырина анал бырайыагынан маастар-кылаастар ыытылла тураллар. Бу бырайыакка саха төрүт үгэһин сөргүтэр сыаллаах ситии хатыытын үлэтэ саҕаланна. Маастар-кылааска үөрэммит биһиги эбэлэрбит, ийэлэрбит олорор нэһилиэктэригэр 100 м. ситии хатан үлэлэрин Ыһыах маанылаах симэҕэ буоларыгар, бэлэх уунуохтаахтар. Екатерина Дмитриевна Копыринаҕа сүбэ-ама биэрэн үөрэтэ сылдьарыгар махтанабыт. 100-лет ЯАССР → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ